Статистика
Онлайн всего: 1 Гостей: 1 Пользователей: 0
|
Главная » 2019 » Январь » 25 » Сана дьыл!
|
Ахсынньы 28 күнүгэр оскуолабыт спортивнай саалатыгар күүтүүлээх Саӊа дьылбыт тэрээһинэ буолан ааста. Быйылгы Саӊа дьылбыт тэрээһинин тиэмэтэ «Аан дойду сонуннарыгар» анаммыта. Үѳрүүлээх бырааһынньыкка тѳрѳппүттэр, учууталлар, о5олор, кэлэн кѳхтѳѳхтүк кытыннылар. Бырааһынньык саҕаланыытыгар оскуолабыт дириэктэрэ Барашкова В.Р. э5эрдэ тыл эттэ, оскуола иһинэн ыытыллыбыт үѳрэх олимпиадаларыгар кыайыылаах оҕолорго Бочуотунай грамоталары туттарда.
Хас биирдии кылаас коллектива Саӊа дьыллааҕы конкурстарга олус кыһамньылаахтык бэлэмнэммит. Оҕолор бииртэн биир сүрдээх учугэй представлениялары кѳрдѳрѳн ыалдьыттары биллэ сэргэхситтилэр. Ол курдук, 5 кылаас үѳрэнээччилэрэ К-РОР ырыаһыттара буолан та5ыстылар, алтыстар Саӊа дьыллаа5ы балы, сэттис кылаас о5олоро гэтсби, ахсыстар Уолт Дисней геройдарын мулчургэннээх сырыыларын кѳрдѳрдүлэр, тохсустар Илиӊӊи омуктар, онустар ретро сыллардаа5ы мода, уон бииристэр пираттар буолан тахсан умнуллубат чаҕылхай түгэннэри бэлэхтээтилэр.Саӊа дьылбыт биир үѳрүүлээх түгэнинэн Тымныы кырдьаҕас сиэнэ кыыс Хаарчааналыын кэлиилэрэ буолла. Тымныы Кырдьаҕас саӊа үүнэр сылга бэйэтин эҕэрдэтин уонна алгыһын тириэртэ, минньигэс бэлэхтэрин туттартаата. Ол кэннэ дьүүллүүр сүбэ кэтэһиилээх түмүгэ таҕыста. Хас биирдии кылаас бириистээх миэстэлэргэ тиксэн, үѳрүүбүт-кѳтүүбүт ѳссѳ улаатта. |
Просмотров: 359 |
Добавил: edeysosh
| Рейтинг: 0.0/0 |
|
Телефон доверия
Телефон доверия по России: +7(495)104-68-38
"Телефон доверия" ГИА по РС(Я): 8(4112)42-10-28
"Телефон доверия" по Намскому улусу: 41-788
Телефон "горячей" линии по России: +7(495)984-89-19
Телефоны "горячей" линии по РС(Я): ЕГЭ 8(4112)42-10-46; ОГЭ 8(4112)42-10-48;
Телефоны "горячей" линии по Намскому улусу: 42-563; 43-099; 42-364
Телефон Департамента по соблюдению законодательства проведения ГИА 8(4112)260635
|
| | |