Сүдү тренер бирииһигэр бокса күрэҕэ.
Кулун тутар 21, 22, 23 күннэригэр З.П.Саввин аатынан Үөдэй орто оскуола тэрийиитинэн уонна көҕүлээһининэн бастыҥ Россия тренера, бүтүн Европа уонна Азия норуоттарын кикбокса федерациятын үтүөлээх тренера Анатолий Иванович Барашков бирииһигэр маҥнайгы төгүлүн ыытыллар оҕолорго аһаҕас бокса күрэҕэ үрдүк таһымҥа буолан ааста. Анатолий Иванович спорт туругура сайдарыгар сүдү кылаатын киллэрсибит чулуу киһи, учууталлар учууталлара, ытыктанар, убаастанар уопуттаах салайааччы, Үөдэй нэһилиэгин, Нам улууһун ытык киһитэ. Сыралаах үлэтин физкультура учууталынан саҕалаабыта, 30-ча сыл устата Үөдэй орто оскуолатын директорынан үрдүк таһымнаахтык үлэлээн кэллэ. Билигин даҕаны сатабыллаахтык салайбыт оскуолатыгар үлэ харыстабылын салайар үлэҕэ уонна боксаҕа общественнай тренер быһыытынан үлэлиир. Анатолий Иванович Үөдэй нэһилиэгин кэрэ айылҕалааҕын таба туһанан, ыччат дьону спорт эйгэтигэр иитэн-үөрэтэн республикаҕа, Россияҕа, Европаҕа, Азияҕа биллэр спортсменнары иитэн таһаарда, ол курдук хайыһар, бокса, кикбокса курдук уустук көрүҥнэргэ. Киниэхэ үөрэнээччилэрэ, коллегалара, эдэр тренердар, төрөппүттэр, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ махтанар. Бу күрэҕи сыаналаан үгүс дьон күүс-көмө, тирэх буоллулар.
Күрэх 4 бөлөҕүнэн саастарынан ыытылынна. Уопсайа 50 оҕо Үөһээ Бүлүүттэн, Горнайтан, Дьокуускайтан, Нам улууһун 7 нэһилиэгиттэн Үөдэйтэн, Партизантан, Намтан, Аппааныттан, Граф биэрэгиттэн, Бөтүҥтэн, Модуттан боксер оҕолор кытыннылар. 2009 – 2010 с.т. 26 к. дылы Черепанов Володя (Горнай) – Iм., Халдеев Руслан (Хатыҥ-Арыы) – IIм., Софронов Айдын (Хатыҥ-Арыы) - IIIм. Варламов Кэскил (Горнай) – Iм., Аргунов Коля (Горнай) – IIм., Сосин Самсон (Үөдэй) - IIIм. 28 к. Ларионов Егор (Граф биэрэгэ) – Iм., Сивцев Вадим (Хатыҥ-Арыы) – IIм. Кириллин Сулустаан (Бөтүҥ) - IIIм. 34 к. Бережнев Саян (Граф биэрэгэ) – Iм., Сивцев Ренат (Нам) – IIм., Макаров Олег (Хатыҥ-Арыы) - IIIм.
2007 – 2008 с.т. о5олорго 28 к. дылыАкимов Вадим (Үөһэ Бүлүү) – Iм., Собакин Слава (Нам) – IIм., Шапошников Маркел (Нам) - IIIм. 30 к. Попов Эрхан (Нам) – Iм., Ларионов Владислав (Граф биэрэгэ) – IIм. 32 к. Дьяконов Оскар (Нам) – Iм., Охлопков Арылхан (Үөдэй) – IIм., Петров Никита (Нам) – IIIм., Авксентьев Афоня (Нам) – IIIм., 34 к
Попов Арьян (Нам) – Iм., Кутуков Рома (Якутск) – IIм., Тоноев Андрей (Верх.Вил) – IIIм.
36 к. Дьяконов Рафаэль (Едейцы) – IIIм., Прототопопов Данил (Нам) – IIIм. , Аммосов Аян (Верх.Вил) – Iм., Филиппов Валентин (Нам) – IIм.38 к. Сивцев Володя (Нам) – Iм., Кириллин Байдам (Үөдэй) - IIм. 44 к.Бурнашев Данил (Нам) – Iм., Барашков Ян (Нам) - IIм.48 к.ЗаровняевУруйдан(Нам) – Iм., Кугданов Марат (Нам) - IIм.
2005 – 2006 с.т. оҕолорго26 к. дылы Кириллов Айаал (Горнай) – Iм., Дедов Мирослав (Граф биэрэгэ) - IIм., Бетюнский Петя (Граф биэрэгэ) – IIIм. 40 к. Ильин Владик (Нам) – Iм., Винокуров Вячеслав (Модут) - IIм. , Семенов Леня (Нам) – IIIм. 42 к. Десяткин Эрхаан (Нам) – Iм., Оленов Андрей (Горный) - IIм.46 к. Бережнев Дима (Граф биэргэ) – Iм., Шамаев Айсан (Модут) - IIм.48 к. Андросов Рудольф (Үөһэ Бүлүү) – Iм., Попов Мирослав (Нам) - IIм.
2003 – 2004г.р.46 к. дылы Попов Альберт (Нам.) – Iм., Дьяконов Володя (Едейцы) - IIм. 48 к. Габышев Ньургун (Үөдэй) – Iм., Колесов Антон (Модут) - IIм.
Бастыҥ боксердарга анал ааттар ананнылар, “Кэскиллээх боксер” анал аат Сосин Самсон (Үөдэй), “Бастыҥ боксер” Аммосов Аян (Үөһэ Бүлүү), “Күрэх кыайыылааҕа” Кириллов Айаал (Горнай), “Техникалаах боксер” Десяткин Эрхаан (Нам).
Күрэххэ А.И.Барашков иитэн таһаарбыт спортсменнара спорт бэтэрээннэрэ, улуус баһылыга Ю.И.Слепцов, нэһилиэк баһылыга С.В.Ядреев, 1 Хомустаах нэһилиэгин баһылыга В.Г.Жирков, Модут нэһилиэгин баһылыга П.Г.Сокольников, үөрэх управлениятын начальнига Е.В.Ядреева, орто оскуола директордара, дьиэ кэргэн спортивнай династиялара А.Д.Босиков, И.С.Охлопков, Ю.А.Эверстов, А.И.Барашковтар, А.А.Зырянов, бааһынай хаһаайыстыбалар, нэһилиэк түөлбэлэрэ, тэрилтэлэрэ спонсордаатылар, сыаналаах бириистэри туруордулар. Барашковтар дьиэ кэргэн маны таһынан анал бириистэрин, күн бүгүн республика чиэһин Россия таһымыгар көмүскүүр кэскиллээх спортсменнарга Евгений Шестаковка, Дархан Барашковка, “Бастыҥ тренер” үрдүк аатын Дмитрий Валентинович Черноградскайга туттардылар.
Үөрүүлээх аһыллыытыгар улуус үөрэҕин управлениятын салайааччытын солбуйааччы Дь.И.Баишев, бокса федерациятын председателя Н.Н.Степанов, спорт ветераннара кыттыыны ыллылар. Бу күн төгүрүк остуолу күрэх кылаабынай судьуйата, спорт ветерана И.А.Зырянов иилээн-саҕалаан ыытта. Төгүрүк остуолга Нам улууһугар бокса сайдыытын тула кэпсэтии буолла. Республикаҕа Үөдэй нэһилиэгэ боксаҕа, хайыһарга биир инники күөҥҥэ турарын бэлиэтээтилэр. Билигин улуус үрдүнэн боксаҕа 5 тренер хамнастаах үлэлиирин иһитиннэрдилэр. Бокса спордун сайдыытыгар инники сылларга курдук, оҕолор сайдалларыгар тирэх буоллун диэн спортивнай разряд биэрэргэ үлэлэһиэххэ диэн санааларын эттилэр. Тренер штата тиийбэтин, сорох тренердар общественнай үлэ быһыытынан оҕолору дьарыктыылларын боппуруоһа сытыытык турда. Инникитин бокса федерацията некоммерческай тэрилтэ быһыытынан ылсан үлэлэһэрэ буоллар, дьоҕус үп-харчы көрүллүө этэ диэн санаалаахтар. Тренердар оҕо сайын дьарыктамматын, манна сөптөөх бокса лааҕырдарын арыйар саамай наадалааҕын, тоҕоостооҕун ыйдылар. Бокса дьарыга оҕону иитиигэ, олоххо бигэтик үктэнэригэр, көнө суолга тахсарыгар, профилактика үлэтигэр күүс-көмө буоларын бигэргэттилэр. Түмүккэ А.И.Барашков эдэр тренердарга манныгы эттэ: “Биһиги киһини иитэн таһаарыахтаахпыт” диэн сүбэ-ама биэрдэ, махтанан туран ситиһиилэри баҕарда.
Күрэҕи үөрүүлээхтик сабыыга Нам улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы П.В.Абрамов, Көбөкөн нэһилиэгин баһылыга Д.Д.Бугаев, Салбан оскуолатын дириэктэрэ М.Г.Пермякова, Көбөкөн оскуолатын дириэктэрэ С.И.Иннокентьев кыттыыны ыллылар, эҕэрдэ, махтал тылларын анаатылар. Нам улууһугар спорт биир уустук көрүҥэ бокса чахчы даҕаны Үөдэй нэһилиэгэр күүскэ сайдан, үгүс спортсменнары иитэн таһаарбыт нэһилиэк. Ол биллэн туран Анатолий Иванович сүдү өҥөтө. Күн бүгүн Үөдэйтэн төрүттээх 7 оҕо Россия таһымыгар кытталлара хайҕаллаах. Үөдэй оскуолатыгар үөрэммит, боксаҕа эрчиллэн тахсыбыт Василий Егоров билигин Россияҕа биллэр боксер, икки төгүллээх Европа, Россия чемпиона.