З.П.Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолатын 100 сылын тэрээһинин чэрчитинэн “Воспитательная среда школы как условие позитивной социализации обучающихся” теманан иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччыларга, педагог-организатордарга, социальнай педагогтарга, педагог-психологтарга, интернат иитээччилэригэр, төрөппүт комитетын, кылаас салайааччыларыгар, учууталларга республиканскай таһымнаах семинар ахсынньы 3 күнүгэр Үөдэй орто оскуолатыгар буолан ааста. Тэрийээччилэринэн буолаллар үөрэх үлэһиттэрин үрдэтэр институт, улуустааҕы үөрэх управленията, З.П.Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолата. Оскуолаҕа оҕону иитии үлэтин тула, саҥа инновационнай бырайыактарынан үлэлээһиҥҥэ педагогтар, оскуолалар баай уопуттарын, ордук Үөдэй орто оскуолата “Дьиэ кэргэн-оскуола-социум” үлэтинэн сүрүн дакылааттары, иһитиннэриилэри, маастар-кылаастары ыыттылар. Семинары киирии тылынан улуустааҕы үөрэх управлениятын иитии салаатын сэбиэдиссэйэ Мария Петровна Дьяконова, нэһилиэк баһылыга Семен Владимирович Ядреев, оскуола директора Вероника Ранвиловна Барашкова, С.Н.Донской аатынан үөрэх үлэһиттэрин үрдэтэр институт иитии уонна эбии үөрэхтээһин кафедратын сэбиэдиссэйэ Евдокия Степановна Никифорова арыйдылар. Маны таһынан кыттыыны ыллылар Оконешникова Анжелика Викторовна Россиятааҕы “Лига здоровья нация” чилиэнэ, Обутов Роман Михайлович СӨ саллааттар ийэлэрин сойууһун чилиэнэ. Ити курдук, бу күн алта хайысханан арахсан үлэ барда “Профилактика үөрэх эйгэтигэр биир ситим үлэтэ”, “Организация комплекса здоровье формирующих технологий”, “Интернат – оҕо саас биһигэ, иитэр кыһата”, “Эстетическая социализация и творческое развитие личности школьника”, “Преемственность школы и детского сада как платформа позитивной социализации учащихся младшего школьного возраста”,“Духовно-нравственное и патриотическое воспитание школьников”. Семинарга Нам улууһуттан 15 оскуола (1 Хомустаах, 2 Хомустаах, Көбөкөн, Бөтүҥ, Затон, Хамаҕатта, Модут, Арбын, Нам гимназия, Нам 1 оскуолата, Нам 2 оскуолата, Хамаҕатта саха француз, Хатын-Арыы, Үөдэй), Тааттаттан (Ытык-күөл), Хаҥаластан (Тиит-эбэ, 1 Дьөппөн), Дьокуускай куораттан 25-с оскуола, республиканскай коррекционнай оскуола интернат уопсайа 121 кыттааччы кытынна.